Myvideo

Guest

Login

Аллараа Бэстээххэ улахан ардах алдьаппыт суолун оороллор

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Аллараа Бэстээххэ улахан ардах алдьаппыт суолун оҥороллор ️ Өрөбүл күн түспүт күүстээх ардах Аллараа Бэстээххэ Хатас – Павловскай хайысхатынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суолу алдьатта. Сыыр быарын уу тоҕута сүүрэн, кумаҕы бүтүннүү суурайан, суолу улаханнык хайытта. Дьокуускай куораттан өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол управлениетыттан итиэннэ «СУ – 77» тэрилтэ исписэлиистэрэ миэстэтигэр тахсан көрдүлэр, балаһыанньаны билистилэр уонна хоромньуну ааҕаллар-суоттууллар. Бу суол 3 сүрүн суолталаах: Хатас – Павловскай хайысханан кыһынын өрүһү туоруур өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол, таһаҕас терминалыгар киирэр итиэннэ Аллараа Бэстээх Запротока түөлбэтигэр тиэрдэр суол буолар. ️ «СУ – 77» ХЭТ Мэҥэ Хаҥаластааҕы учаастагын начаалынньыга Николай Шишигин күн бүгүн улахан уйуктаах массыыналарга суол сабыллан турарын, бу күннэргэ өрөмүөн үлэтэ бүттэҕинэ айаны сөргүтүөхтэрин туһунан иһитиннэрдэ.   Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later