Эдэр ийэ хантараак көмөтүнэн таҥас сууйтарар өҥөнү оҥорор Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэтэ суох, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэннэргэ, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах социальнай хантараак нөҥүө судаарыстыба өйөбүлэ 2019 сылтан киирбитэ. ️ Бу өйөбүл үлэни көрдөнүүгэ, бэйэ дьыалатын арыныыга, сайыннарыыга, чааһынай хаһаайыстыбаны тэриниигэ бэриллэр. Тыа сиригэр, үлэ суох сиригэр бу маннык көмө көдьүүһэ улахан. Үгүстэр урбаанньыт, бэйэ дьарыктаах буоланнар, олорор нэһилиэктэрин сайыннараллар, оҥорон таһаарыыны тэрийэллэр, үүнээйини олордоллор, сүөһүнү-сылгыны да көрөллөр. 🥼 Урбаанньыт, эдэр ийэ Валерия Фомина социальнай хантараагы туһанан Аллараа Бэстээххэ таҥаһы сууйар өҥөнү оҥорор. Валерия идэтинэн оҕо анестезиолог-реаниматолог бырааһа, Томскай куоракка Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай медицинскэй университеты бүтэрбит. Дьиэҕэ олорон «Аллараа Бэстээххэ таҥас сууйарынан ким да дьарыктаммат эбит, арай, бу өҥөнү арыйдахпына, дьон сэҥээриэ этэ» диэ... Источник: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Hide player controls
Hide resume playing