Тулаларын кэрэнэн киэргэтэр дьикти дьарыктаахтар ️ Тиэргэҥҥэ маһы, талаҕы уонна сибэккини олордооччулар Аллараа Бэстээххэ көрүстүлэр. Сэминээри Жатай олохтооҕо Елена Семенова көҕүлээн тэрийбит. Кини бэһис сылын Саха сирин усулуобуйатыгар араас садовай култууралары олордуунан дьарыктанар. Бэйэтин холобуругар тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр яблоняны үүннэриэххэ сөбүн дакаастаабыт киһи буолар. Елена Иннокентьевна бэйэтин идэтинэн 40 сыл ыстаастаах экэнэмиис. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта алтыс сыла. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан саад үүннэриитинэн үлүһүйбүт. Кинини биһиги улууспутугар Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо Наталия Зорина ыҥырбыт. Сэминээр кини дьиэтигэр, уһаайбатыгар буолла. Наталья бэйэтэ сибэкки олордуутунан дьарыктанар эбит. Дьиэтин таһа, тиэргэнэ көрүөхтэн кэрэ, араас сибэккинэн толору симэммит. Кини саадын, кэлбит ыалдьыт барыта сөҕө-махтайа көрдө. Сиһилии Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Hide player controls
Hide resume playing