Ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэҕэ өтөрүнэн буолбатах кураан күн дьыл туран, хаһаайыстыбалаах дьон кыстыктарыгар күүскэ охсубута. Онон сибээстээн Уус Алдаҥҥа оту тиэйии ааспыт сыл алтынньытыттан саҕаламмыта. Бастакы кэмнэргэ 100-тэн тахса улахан массыына улуус бары нэһилиэктэринэн оту тиэйбитэ. Тимир көлө суоппардарыгар кыьамньылаах улэлэрин иһин уонна бырабыыталыстыбаҕа улуус тыа хаһаайыстыбатын салалтата, сүөһү, сылгы иитээччилэр махтаналлар. Уус Алдаҥҥа уопсайа тоҕус тыһыынча кэриҥэ туонна оту тас регионнартан итиэннэ бэйэбит сирбититтэн тиэйдилэр.
Hide player controls
Hide resume playing