«Кыталык» көтөр аартыгын суола өрүүтүн аһаҕас, киэҥ, сырдык уонна үйэлээх буоллун!» Бу күннэргэ «Кыталык» Арассыыйа үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай ансаамбыла төрүттэммитэ 45 сылынан ыаллыы улуустарынан гастролга сылдьар. Үгүс оҕону-ыччаты үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйан иитэн таһаарбыт киэн туттар кэлэктииппитин көрөөччүлэр үөрэ-көтө көрүстүлэр, уруйдаан, ытыстарын тыаһын бэлэхтээтилэр. Амма уонна Уус Алдан улуустарыгар буолбут кэнсиэрдэр тустарынан көрөөччүлэр сэҥээриилэрин таһаарабыт. «Амматааҕы Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр сэтинньи 4 күнүгэр аар-саарга аатырбыт «Кыталык» Арассыыйа үтүөлээх, СӨ норуодунай ансаамбылын 45 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэй кэнсиэрин көрөммүт дууһалыын сырдаан, санаалыын ырааһыран, кэрэҕэ тардыһар уйулҕабыт күүһүрэн, ис-испититтэн үөрдүбүт-көттүбүт! Айар-тутар уустук идэҕэ, ол эрэн умсугутуулаах эйгэҕэ уһуйааччылар, тэрийээччилэр, артыыстар, оҕолор, төрөппүттэр биир санаалаах, сыаллаах, сомоҕолоһуулаах буолууларын – коллабор... Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Hide player controls
Hide resume playing