Бүгүн Мүрү нэһилиэгэр эмиэ биир үөрүүлээх түгэн буолла. Аан дойдуга саамай нэлэмэн иэннээҕинэн ааттанар Мүрү алааспытыгар аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах “Мүрү кытыла“ диэн дьон-сэргэ түмсэр, сынньанар сирэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бүгүҥҥү тэрээһин Бүтүн Россиятааҕы Сомоҕолоһуу күнүгэр сөп түбэһэн, икки бүк үөрүүбүтүнэн эҕэрдэ тылы Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Прокопий Румянцев, улуус дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов, улууспут күөн туттар урбаанньыта, бу тутуу бэдэрээччитэ Иннокентий Москвитин, СӨ нэһилиэнньэ эйгэтин боппуруостарыгар компетенция киинин начаалынньыгын солбуйааччы Александра Улинова эттилэр. Бу бырайыак туһунан эттэххэ, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын үлэтинэн 2021 сылтан саҕаланан оҥоһуллубут бырайыак “Живые пространства“ республикатааҕы, “1000 дворов на Дальнем востоке“ регионнааҕы күрэстэргэ кыайыыны ситиһэн, үбүлэнэн, бырайыак олоххо киириитэ саҕаланан барбыта. Оттон былырыын муус устарга Бүтүн Россиятааҕы “Жилье и городская среда“ национальнай быр... Source: УУС АЛДАН | “Мүрү саһарҕата“
Hide player controls
Hide resume playing