Уус Алдан улууһун ааттатар, суон сураҕырдар Баатаҕай туруйаларын көрө, күһүҥҥү кэм биир кэрэ көстүүтүн үйэтитэ “Чэгиэн“ түмсүү Баатаҕай бөһүөлэгэр айаннаатыбыт. Аара көтөр арааһа үөскээбит күөллэрин, киэҥ да киэҥ көнө ньуурдаах оттуур сирдэрин, бааһынаны көрөн бөһүөлэк иһигэр-таһыгар биир да бөх суоҕун сөҕө көрдүбүт, астынныбыт. Нэһилиэк олохтоох Екатерина Белолюбская арыаллаан, бэлиэ сирдэрин, урукку өбүгэлэрин олоҕун, үлэтин сырдатар, хас биирдии киһи хаартыскатын таһааттаран ыйаабыт анал оҥоһууларын, тутуулар, миэлиҥсэ оннун, кырдьаҕастар түмсэр бэс чагдаларын көрдөрдө. Өбүгэлэрин үйэтитэн үлэлээбит үлэлэрин, кылааттарын умнубакка кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар ытык иэстэрин баатаҕайдар толорбуттар, дьарыктарын ситимин быспакка тутан хаалбыттар. Ону туоһулаан кыахтаахтык комбайыннар үлэлээн тигинэтэ сылдьалларын көрөн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Баатаҕайы туруйалар көтөр үрдүктэриттэн түһэрэн, кинилэр турууктуулларын доҕуһуолугар сылаас күнү былдьаһан Хаабыйа эбэҕэ сөтүөлээн чэбдигирдибит. Маны таһынан бииргэ төрөөбүт Мигалкиннар ийэлэрин Е.И. Александрованы кэриэстээн чосуобуна туппуттарын көрдүбүт. Түмүгэр баатаҕайдар миэлиҥсэлэрин сөргүтэн, “Туруйалар кынаттарыгар олорсон“ диэн ыалдьыттары сырытыннарар ыллык тэрийиэхтэрин сөп эбит дии санаатыбыт. Баатаҕайга ыалдьыт үгүһэ тиһигин быспакка кэлэн үөрэн-көтөн барар, кэлээри билсэр эбит. Туруйа халыҥ үөрүнэн Төрөөбүт сириттэн анньынан Соҕуруу көтөрүн өллөйдүүр, Өлгөм, өҥ сирдэрдээх, Өбүгэ тыына биллэн ааһар, Кырдьаҕас куттаах Баатаҕайбыт, Холобур буолар Биир сомоҕо дьонугар Махтанабыт.
Hide player controls
Hide resume playing