Myvideo

Guest

Login

Биир дойдулаахпыт СВО кыттыылааа Сухов Николай Николаевич сырдык мсснэ аймахтарын, доотторун, чугас дьонун срэхтэригэр мэл

Uploaded By: Myvideo
52 views
0
0 votes
0

Украинаҕа дойду үрдүнэн анал байыаннай дьайыыга  быстах хомуурга ыҥырыллан  барбыт биир дойдулаахпыт, Николай Николаевич Сухов хомолтолоохтук күн сириттэн барбыт тиһэх суолугар атаарыы миитинэ төрөөбүт дойдутугар, Тумулга, “Кыайыы болуоссатыгар“ ыытылынна. Атаарар миитини салайан ыытта нэһилиэк баһылыга Алексеев В. П. Кыттыыны ыллылар Уус-Алдан улууһун солбуйар баһылыга Борисов М. В, Мэҥэ-Хаҥалас Уус-Алдан улууһун военкомун комиссара Петров А.Д., Коля үөрэммит Мындааба спорт школатын педколлектива, бииргэ үөрэммит табаарыстара, бииргэ төрөөбүттэрэ, ийэтэ уонна нэһилиэк олохтоохторо дириҥник курутуйан туран ахтан-санаан аастылар. Хорсун эр санаалаах уолбутун Россия оборонатын Министерствота “Орден мужества“ бойобуой орденынан наҕараадалаата. Коля сырдык мөссүөнэ, хорсун быһыыта дойдутун дьонугар, ыччакка үтүө холобур буолуо. Дойдун буора сымнаҕас сыттык, сылаас суорҕан буоллун, быдан дьылларга быраһаай.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later