Myvideo

Guest

Login

Алгыстаах Аммам - ОЛОХО ТУОНАТЫГАР

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Чэйиҥ эрэ, доҕоттоор, бүгүн биһиэхэ дьоро күн тосхойдо. Өбүгэ дьоммут ыллаан-туойан хаалларбыт норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэриттэн истэ сэргэҕэлээҥ, көрө махтайыҥ! Бүгүҥҥү биэриибитигэр Амма нэһилиэгин холбоһуктаах тэрилтэлэрин икки ардыгар аан бастаан ыытыллыбыт “Алгыстаах Аммам - ОЛОҤХО ТУОНАТЫГАР“ фольклор күөн күрэһин таһаарабыт. Кыттааччылар үгэс буолбут фольклор үс көрүҥэр: тойукка, норуот ырыатыгар, чабырҕахха уонна хомус тардыытыгар - композиция туруоран күрэхтэстилэр. Дьэ, бу киһи эрэ барыта ылсыбат уустук күрэҕэр 14 хамаандаттан алта тэрилтэ ох курдук оҥостон, курбуу курдук куоһанан кэлэн кытыннылар, талааннарын, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Ырыаны-тойугу саха музыкальнай инструменнарын доҕуһуоллаан, кыл кырыымпа кэрэ музыкатынан киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр. СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев - Баян Бааска салайар “Төрүт дорҕоон“ бөлөҕө хас биирдии мелодияны иилэ хабан ылан үрдүк таһымҥа оонньоон көрдөрө. “Тугун бэрдэй, кэрэтэй!“ - диэн саҥа аллайбыккын бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. А. Черемных аатынан оҕо искусствотын уонна Н. Захаров - Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолаларын хомуска дьүһүйүүлэрэ киһи тылынан кыайан эппэт кэрэтэ, маны бэйэҥ эт кулгааххынан истиэххин, көрүөххүн наада. Аҕыс киһи бары биир тэтимҥэ оонньоотулар, араас матыыбы таһааран дьүрүһүттүлэр, саха хомуһун кыаҕын, күүһүн көрдөрдүлэр. Амма 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын учууталлара норуот ырыаларынан попуррилара эмиэ киһи иһиттэр истэ олоруох курдук истиҥ, кэрэ. Сорох түгэҥҥэ, бэл, үҥкүүлээн да ылыаххын баҕаран кэлэҕин. Биирдиилээн толорооччулартан Сандал Кожуров хомуска үрдүк таһымҥа оонньуурун сэргээн иһиттибит. Итиэннэ биир кэм дьиһигитэн, дьоруолатан олорор зоотехник идэлээх Олег Егоров “Сиэр аппынан“ норуот ырыатын астына, дуоһуйа көрдүбүт. Күрэскэ Амматааҕы сытар балыыһа хирургия уонна реанимация салааларын үлэһиттэрэ талба талааннарынан, “Кэскил тэринии“ диэн бэйэтэ кыра испэктээк композицияларынан барыбытын соһуттулар, көрөөччүлэр да, дьүүллүүр сүбэ да биһирэбилин ыллылар. Тойук туойбут анестезиолог быраас Петр Табунанов ис-иһиттэн дьиэрэтэн таһаарар ураты куолаһын уонна хирургия отделениетын медсестрата Любовь Федорова кэрэ кылыһаҕын дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаата. Хирург быраас Иван Чириков ханнык да артыыстааҕар итэҕэһэ суох, киһи астына истэр дикторскай куолаһа барыбыт сүрэҕин абылаата. Биэриини бэлэмнээтэ Вера ИВАНОВА. #yakutia #амга #амма #нвксаха #сахасирэ #якутия #фольклор

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later