Myvideo

Guest

Login

Байанай алгыа

Uploaded By: Myvideo
57 views
0
0 votes
0

Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыhа“ Кыһыл саһыл кыалыктаах, Хара саһыл хаппардаах, Быалаах кэрэмэс кымньыылаах, Ойдоох буурай оойнуулаах, Бардам Тутуу, Барылы Кэскил, Баай Барыылаах Тойон эһэм! Истэ сэргэҕэлээ, Көрө бүдүүлээ! Баай хара тыа балаҕаннаах, Барбыты аҕалааччы Бараахы Сүүрүк, Курум хара тыа дурдалаах, Куоппуту күөйээччи Кураҕаччы Сүүрүк, Кураахтаах саалаах, Куоһарыылаах кустуктаах Куралай Бэргэн, Кылыыга ыгааччы, Тый хара аттаах Тыҥырахаан Быһый, Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоҥууга тохтотооччу Туолдьут Бэргэн, Кылыыга ыгааччы, Тый хара аттаах Тыҥырахаан Быһый, Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоҥууга тохтотооччу Туолльут Бэргэн, Элимтэҕэй таба аттаах, Элиэҕэ эргитээччи Элик Бэргэн, Айаас таба аттаах, Айаҕа аҕалааччы Алып Самнаҕай, Күөскэ күҥэйээччи, Күөсчүт көкөөнөй Күөкэй Боллох, Тойон убайдарым! Истэ билгэлээҥ, Иһиллии чинчилээҥ! Эргинэ хара тыа Эҕэһэтин тэрийэр, Догдоон хара тыа Тоҥуутун торутар, Арыы хара тыа Айатын аҥаабыллыыр Алгыстаах күннэрим таҕыстылар! Тоҕус кыл уунуутунан уурар, Сэттэ кыл чиккэйиитинэн кэбиһэр Кэскиллээх кэмнэрим кэллилэр! Баай Барыылаах Тойон эһэм! “Эһээ“ диэтэхпинэ, “Эһээ“ диир курдук буоларыҥ! Тус бэйэҥ туһааннаах Доҕор гынан туһалаа: Уурбуттаах буолларгын уларытыма, Анаабыттаах буолларгын аралдьытыма. Мурун анныттан Булта булан кулу, Атах анныттан Алта айан кулу! Кыйаар кыйааргыттан кыйдаан, Үрэх үрэххиттэн үүрэн, Дайҕа дайҕаҕыттан таарытан Элиэбэр эргит, Тоҥуубар торут, Сыһыаммар сыһыарт! Хатараабыт хайгыаны хааннаа, Көй боллох сэксэни көрүлэт, Омуннаах уоттах отууга улайдат! Адаар муостааххыттан, Атырдьах атахтааххыттан амсат! Бодоҥноох тобуктааххыттан, Буомнаах сүhүөххүттэн бултат! Сымнаҕас сыалаахыттан, Сылаас тыыннааххыттан сымсаттар! Ардай анаҕастааххыттан, Адьырҕа кыылгыттан айан-кэрдэн кулу! Кыһыл-хара кылааннаахыттан, Күндү-үтүө түүлээххиттэн Күөйэ-көрсө көтөн кулу! Алаас сыhыы саҕа Араҕас танылҕаны таттым, Чөҥөрө чүөппэ саҕа Сөҥ сөгөлөөнү оҕустум, Киэҥ тэлгэһэ саҕа Сөҥ сөгөлөөнү оҕустум, Киэҥ тэлгэһэ саҕа Кэтит сэксэни тэрийдим! Аал уотунан айахтаан Аhатан эрэбин, Күөх уотунан күөмэйдээн Күндүлээн эрэбин! Аҕам анах Ардахтаах арыыта, Туҥуй анах Тордохтоох тунаҕа! Бүрү-бүттүүн, бары-баччыын Аhаан-сырҕаан туруҥ эрэ, Тойон эhэлэриэм!!! “ha!.. ha!.. ha..“(кулэр) Улуу үрэхтэр иччилэрэ Хотун эбэлэрим! Үккүрүүр үрүйэргит, Тыккырыыр тымырдаргыт, Саккырыыр салааларгыт, Сэттэ уон сискэл систэргит, Аҕыс уон адаар арыыларгыт, Тоҕус уон туорай тумулларгыт, Дьүүлэ-дьүhүнэ суох түбэлэргит, Холобура-холооно суох куруҥнаргыт, Аата-ахсаана суох аабылааннаргыт бастарыттан Айа-кэрдэ, ыыта-кыйдыы олоруҥ!.. Сэттэ дьэрэкээн хайа, Аҕыс мас хайа, Тоҕус турук хайа иччилэрэ! От аннынан обугунаспыт уолаттар, Кырыс аннынан сыбдырыспыт уолаттар, Сэбирдэх аннынан сибигинэспит сиэттэр, Бары аhаан-сырҕаан туруҥ!.. Эҕэhэ айаҕар олорооччу Нэк бэргэhэлээх Баттах Сарын Уол убайым! Кэнтик төрдүгэр кэтэhээччи Кыртас хайа саҕа сырайдаах Маҥан Чаҥый эдьиийим! Баллайах ойуун кыыhа Таhын Курбай саҥаhым! Сырбайар-сырыыргыыр, Хагыстыыр-хааччахтыыр, Буомнуур-буомчалыыр буолаайаҕытый! Аал уотунан айахтаатым, Күөх уотунан күөмэйдээтим, Аhаан-сырҕаан туруҥ!.. Төлкөлөөх түөнэ, маҕан түөрэх! Тэхтиргэ тэптэрэр, Очурга оҕустарар буолаайаҕыный! Туску-уо!.. Амма, 1900с.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later