“Уоаай, патефон!... Мин ийэбэр үүт-үкчү маннык брошь баар этэ... Оо, оҕо сааһым открыткалара дии... Биһиги оскуолаҕа сылдьан эмиэ маркалары, значоктары, ракушкалары, өрүс таастарын сөбүлээн мунньарбыт“, - диэн тыллары Амма улууһун коллекционердарын быыстапкатыгар дьикти дьарыктаах дьон үтүөлэринэн хараллан хаалбыт, сүрэххэ иҥмит истиҥ өйдөбүлү уһугуннарар, күн бүгүн ол ааспыт кэм кэрэ кэрэһитэ буолбут малын көрөн үөрэн хараҕа сырдыы түһэр. Дьэ, чахчы дьон арааһы барытын дьарык оҥостон, умсугуйан мунньарын сөҕө, махтайа көрдүбүт. Бүгүҥҥү биэриигэ Амма нэһилиэгэр ыытыллыбыт “Кэрэни кэрэхсээ“ коллекционердар бастакы улахан улуустааҕы тэрээһиннэрин сырдаттыбыт. Киирэн көрүҥ, кэрэни кэрэхсээҥ! 🎥 Вера ИВАНОВА #коллекция #коллекционеры #yakutia #амга #амма #нвксаха #сахасирэ #якутия #выставка #монеты #брошки #куклы #матрешкарп #значки #магнитка #шкатулки #зажигалка
Hide player controls
Hide resume playing