Канал сайдыытыгар харчынан өйүүргэ Сбербанк 2202 2002 9845 8959 (Васильева М.Б.) Саха Республикатын народнай суруйааччыта Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай 1908 с. сэтинньи 22 кунугэр Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ. Айар улэтэ 1938 с. саҕаламмыта. Бастакы кинигэтэ “Өлүүнү кыайбыт — өлбөт“ 1944 с. тахсыбыта. Очеркалартан, кэпсээннэртэн саҕалаан, улахан сэһэннэри, романнары биэрбит, таһаарыылаахтык улэлээбит прозаик. Кини барыта отуттан тахса кинигэ ааптара. Саха прозатын Союз, аан дойду түһүлгэлэригэр таһаарсыбыт үтүөлээх. Сюжет маастара. Саха литературатын историятыгар аан бастакы “Төлкө“ трилогияны суруйан киэҥник биллибитэ. Н.Якутскай өссө “Сир“, “Илин уонна Apҕaa“, “Адаҕа“, “Сүтүк“ романнары бэчээттэппитэ. Саха сиригэр көмүс уонна алмаас промышленностара төрүттэниилэрин уус-ураннык сырдаппыт айымньыларынан “Көмүстээх үрүйэ“, “Алмааһы көрдөөччүлэр“, “Алмаас уонна таптал“ сэһэннэр буолаллар. Итини үрдүктүк сыаналаан, кэлин көстүбүт алмаас биир кристала “Суруйааччы Н. Якутскай“ диэн ааттаммыта. Оҕолорго анаан элбэх кэпсээн, остуоруйа кинигэ-лэрин суруйбута. Оҕо аймах таптыыр суруйааччыта этэ. Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, “Бочуот Знага“ уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1946 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ. 1995 с. ахсынньы 11 кунугэр Тирасполь куоракка өлбүтэ. Үөһээ Бүлүүгэ көмүллүбүтэ.
Hide player controls
Hide resume playing