Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, П.А. Ойуунускай 130 сылыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи Платон Ойуунускай айымньыларын уус-уран ааҕыы «Туруҥ, туруҥ! Туойуҥ!» күрэҕэ түмүктэннэ. Бу күрэҕи Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Саха сирин суруйааччыларын союһа, «Таатта түмсүү» тэрийэн ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр: Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат; Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах; Саха сирин Суруйааччыларын Союьун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Гаврильевич Андросов – Хабырыыс Ондороос; Арассыыйа Государственнай бириэмийэтин лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа, Таатта уонна Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Егорович Луковцев.
Hide player controls
Hide resume playing