Myvideo

Guest

Login

Баай Белолюбскай аллеята

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Амма улууһугар биир сөбүлээн сылдьар сирим - Баай Белолюбскай аллеята буолар. Манна кэллэхпинэ хайдах эрэ уоскулаҥы булабын уонна хайаан да баҕа санаабын этэбин. Историяттан кылгастык сырдаттахха, Ампаардаах алаас 18-19-с үйэлэргэ олорон ааспыт Баай Белолюбскайдар өтөхтөрө, сайылыыр сайылыктара эбит. Кинилэр Амма улууһугар биллэр, Соморсун нэһилиэгин сис баай ыаллара эбит. Михаил Петрович (1797 с.т.) кинээс дуоһунастаах, үөрэхтээх киһинэн биллэрэ. Сахалар Степной Думаларын 1827-1833 сылларга биир көхтөөх чилиэнэ буолар. Кини уола Петр бу алаас ортотугар баар кыракый арыы тыаны олус сөбүлүүрэ үһү. Кини 700 сүөһүлээҕэ. Ол иһин манна 1 м. үрдүктээх, 100 м. усталаах сиргэ 60-ча тиит маһы олордубута, тулатын күрүөлээбитэ күн бүгүн үүнэн чэчирээн тураллар. Бу аллеяҕа кини доҕотторун кытта сынньанара, киниэхэ талааннаах олоҥхоһуттар, саха интеллигенциятын араас бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн ыалдьыттаан ааһаллара. Биир оннук киһинэн саха литературатын төрүттээччи А.Е. Кулаковскай - Өксөкүлээх  Өлөксөй буолар. Онон бу үүнэн кэчигирээн турар тиит мастар оччотооҕу сахалар кэрэни кэрэхсиир, сырдык өйдөөх-санаалаах буолалларын кэрэһэлииллэр. 2020 сыллаахха бу аллеяны Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов уонна “Сырал“ общественнай түмсүү көрөр-харайар сыалтан сыл-хонук өксүөнүттэн эргэрбит күрүөтүн-хаһаатын саҥардан, тыатын ыраастаан, ыскамыайкалары туруортааннар күн бүгүн бу аллея Мээндиги, Амма улууһун, саха норуотун биир киэн туттар ытык сирэ, историческай миэстэтэ буолан дьон-сэргэ болҕомтотун тардар, кэрэхсэтэр, сөхтөрөр. Автор Вера ИВАНОВА 👍 ЛАЙК ТУРУОРАРГЫН, 🔔 ПОДПИСКАЛАНАРГЫН 👏 РЕПОСТААН БИЛЭР ДЬОҤҤОР ТАРҔАТАРГЫН УМНУМА🤝 🥰 МАХТАНАБЫТ #аллея #alley #мээндиги #мяндиги #myandigi #соморсун #амма #амга #amga #республикасахаякутия #сахасирэ #TheRepublicofSakha(Yakutia) #история #history #киэнтуттуу #гордость #pride

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later