Отчут сылайбатын диэн ️ Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, рационализатор Константин Лонгинов тыа дьонун үлэтин чэпчэтэр анаалаах саҥа туттар тэриллэри айан-оҥорон таһаарарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр. Быйыл сайын сүөһү иитэр, оттуур дьоҥҥо көмөлөөх 3 саҥа тэрили оҥорбутун билиһиннэрдэ, тутан-хабан көрдөрдө. Бастакытынан, отчут күүһүн харыстыыр сыалтан, хотууру уларытан оҥорбут: эбии тимир сыбааркалаан угун уһатан биэрбит. Инньэ гынан от хотуурга мунньуллубакка, охсуллубут сиригэр сытан иһэр. Тупсарыллыбыт тэрили отчуттар туттан баран астыммыттар, киһи күүһэ-сэниэтэ баранара икки төгүл аҕыйаата дииллэр. Өссө хотуур биититтэн сэрэхтээх буоларга эрэһиинэ турбанан чохуол оҥорбут. Сиһилии @gazetaerkeii [club197321747|@ulusmedia] Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Hide player controls
Hide resume playing