Элита кылаастаах кроссфит-атлет Игнат Чомчоев бу күннэргэ Новосибирскай куоракка “CROSSFIT BERLOGA THROWDOWN 23“ диэн ааттаах бөдөҥ күрэхтэһиигэ бастаата. Кинини кытта атлет Александра Барашкова эмиэ кыттан, кыайыылаах буолла. Күрэххэ Сибиир уонна Уһук Илин бастыҥ кроссфит-атлеттара мустан, чулууттан чулууну быһаардылар. Игнат Чомчоев Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, Уус Алдан Бороҕонугар улааппыт. Кроссфитынан утумнаахтык дьарыктанарын таһынан, ситиһиилээх урбаанньыт икки спортсааланы үлэлэтэн, дьону эрчийэр. Кроссфит диэн эти-хааны, ис кыаҕы бүтүннүү сайыннарар хас да түһүмэхтэн турар эрчиллии. Ол эбэтэр спортсмен тиэрбэстэн тутуһан тардынар, штанга көтөҕөр, гантель өрө анньар, канаакка ыттар, сүүрэр, харбыыр, уо.д. а. Кроссфит-атлет диэн хас да эрчиллиини тэҥинэн оҥорор дэгиттэр спортсмен. Игнат Чомчоев кроссфит туох уратылааҕын, кимиэхэ ордук табыгастааҕын, ситиһии төрдө туох буоларын устар бөлөҕөр кэпсээтэ.
Hide player controls
Hide resume playing