МОСКВА ГОСПИТАЛЛАРЫГАР АХТЫЛҔАННААХ ДОЙДУ АҺА КӨТТӨ Саллаат аҕата, волонтер Владислав Диодоров-Лаврентьев бүгүн, 840 кг багажтаах, Москва госпиталыгар эмтэнэр уолаттарга көттө. Дьиҥинэн эрдэ соҕус барыахпытын, иккиэн доруобуйабыт туруга мөлтөөн уһаттыбыт. Ону бука диэн, өйдүөххүт, бырастыы гыныаххыт диэн эрэнэбит. Улахан багаһы соҕотох киһи илдьэрэ биллэн турар ыарахан. Ол эрээри, дьон биһигини итэҕэйэн ыыппыт аһын-үөлүн булгуччу илдьэн бэйэбит аадырыһыгар туттарыахтаахпыт, отчуоттуохтаахпыт. Этинэн, балыгынан, куһунан, хааһынан, барыанньанан, отонунан бука бары көмөлөспүт дьоҥҥо, Владислав айанын өйөөбүт Чурапчы администрациятыгар, доҕотторбутугар, сүүрбүт-көппүт араас тэрилтэлэргэ, үтүө санаалаах дьоҥҥо истиҥник махтабыт. Дойду туһугар доруобуйалара эмсэҕэлээбит уолаттарбыт, төрөөбүт астарын аһаан, сэниэлэнэн түргэнник үтүөрдүннэр диэн баҕарыаҕыҥ! Светлана Диодорова-Лаврентьева Источник: Улус.Медиа | Новости Якутии
Hide player controls
Hide resume playing