Myvideo

Guest

Login

Суорун Омоллоон Маппыайабыс учуутал | Сахалыы аудиокнига

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Матвей Матвеевич Сивцев – П.А. Ойуунускай бастакы учуутала Чөркөөххө оскуола астаран 14 сыл сэбиэдиссэйдээн үлэлээбит. Кини оскуола астарар инниттэн дьиэтин туран биэрбит. Маппыайабыс Чөркөөх дэриэбинэтэ бүтүннүү тупсарыгар олус кыһаллара. Бу дойдуга бурдук аанньа үүммэт буолан, дьадаҥы дьон аччык-аас олохтоохторун билэр буолан, бурдугу, сир аһын үүннэриини тупсарарга туруммута. Инньэ гынан тыаны солоон, бурдугу үчүгэйдик үүннэрэр ньыманы эт бэйэтинэн көрдөрөн баарта. Биирдэ кини Репин художник «Запорожцы пишут письмо турецкому султану» хартыынатын киллэрэн дуосканы саба ыйаабыта. Оо, онно ойууламмыт хас персонаһын дьүһүннээн, кэпсээн биэрдэҕэ эриэккэһин. Биһиги оҕолор күлэн быар суох. Хартыынаны өйдөөн көрөргө биһиги онтон үгүскэ үөрэммит буолуохтаахпыт... Суорун Омоллоон

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later