Монголияттан 82 саастаах Бизьяа Хуухэндуу «Аан дойду виртуоз-хомусчута» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска кыттыаҕа Кини Саха сиригэр иккиһин ыалдьыттыыр, куонкуруска монгуол норуотун матыыбын толоруоҕа. Бизьяа Хуухэндуу монгол инструменыгар түөрт сааһыттан оонньуур. III-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Аан дойду виртуоз-хомусчута» куонкурус өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар бэс ыйын 16-17 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Hide player controls
Hide resume playing