Биһиэхэ наада: • Бурдук – 850 гр; • Ыстакаан аӊаара уу; • Ыстакаан аӊаара ү үт; • 1 сымыыт; • Туус; • Баахыла киэбэ; • Сүөгэй; • Дьэдьэн. o Састааппытын барытын кутан, алаадьы тиэстэтиттэн арыый хойуу, тиэстэ оӊоробут. o Баахыла киэбин сылытабыт уонна мас арыытынан биһэбит. o Киэбкэ тиэстэбитин кутан, эргитэ сылдьан буһарабыт. o Сүөгэйгэ дьэдьэн кутабыт, булкуйабыт. o Баахылабытын дьэдьэннээх сүөгэйбитигэр умньаан сиибит. Минньигэстик аһааҥ! Алгыстаана Михайлова, VI кылаас, «Аартык» медиа-киин эдкора
Hide player controls
Hide resume playing