Myvideo

Guest

Login

ттээх таас

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Үүттээх таас ️ Былыр дойдуларыгар, төрөөбүт сирдэригэр өр сылдьыбакка гынан баран төннөллөрүгэр, дойдуларын, сирдэрин-уоттарын үүттээх таас нөҥүө көрөллөр эбит. Ол ону кинилэр ыраастанаары, сир иччитэ кинилэри ылыннын диэн оҥороллоро. «Бу үүттээх тааһы көрдөөммүн наһаа өр буолан баран кэллим», — диэн көрдөһөллөрө. Ол иһин үүттээх тааһы дьон анаан-минээн көрдөөн булан, укта сылдьаллара. Билиҥҥитинэн, үүттээх таас харысхал курдук эбит. Эбэтэр олох билбэт, атын сиргэ тиийэн бараҥҥын, киэҥ алааска киирэн иһэн ол үүттээх тааһынан көрөҕүн. Итинник иччилэр ылыналларын-ылымматтарын көрөҕүн диэн буолар эбит, былыр. — Аны бу үүттээх таас мээнэ көстүбэт. Киһи анаан-минээн көрдөөн булар. Көстөр-көстүбэт киһилээх. Сороххо хаамтаҕын аайы көстөр, сорох үйэтин тухары көрдүүр да, булбат диэн буолар. Мин Аммаҕа сылдьан түбэһэн булбутум, – диэн кэпсиир түсчүт Зиновий Игнатьев. Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later