Данил Осипов - Д. Ходулов аатынан Майатааҕы народнай театр режиссера, кэккэ чаҕылхай киинэлэргэ сүрүн оруолу оонньообут артыыс. Норуот театрын уратыта, ситиһиитэ туохханый, театр режиссерын сүрүн миссията, Данил олоҕор Чоочо баай уонна Манчаары мөккүөрдэрин суолтата, саҥа бырайыактар уо.д. а. туһунан – «Сэһэргээ» биэриигэ көрүҥ. 0:00 - Бу биэриигэ 1:06 – Данил бэйэтин билиһиннэрэр 2:46 – Данил оҕо сааһа 3:48 – идэни талыы 9:53 – култуура колледжыгар уһуйуллуу 12:43 – Майатааҕы үүнэр көлүөнэ театрыгар үлэ 14:39 – Аркадий Новиковы кытта билсиһии 16:42 – киинэҕэ бастакы хардыы 20:21 – «Хопто хаһыытыгар» уһуллуу 23:44 – “мин киинэҕэ бэйэм бэйэбинэн сылдьабын, улаханнык оонньуу сатаабаппын” 25:23 – Данил бэйэтэ устубут «Чысхаан» киинэтин туһунан 26:20 – «Мэхээлэчээн булчут» киинэҕэ үлэ 33:54 – театр уонна киинэ артыыһыгар үөрэнии тоҕо сатаммата? 37:42 – норуот театрын режиссерунан ананыы 39:00 – режиссер диэн транслятор дуу интерпретатор дуу? 40:58 – Манчаары уонна Чоочо баай утарылаһыылара Данил олоҕор 47:10 – Данил режиссер быһыытынан миссията 49:50 – холобур оҥостор режиссера 51:51 – норуот театрын уратыта, туох тиийбэтэ 56:49 – туох чугаһый: театр эбэтэр киинэ? 58:48 – саха киинэтин ырытыы, феномена тугуй? 1:02:38 – «куһаҕан да уопут – уопут буолар» 1:04:02 – инники былаан 1:08:08 – «саха – улуу омук»
Hide player controls
Hide resume playing