Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха стихотворения Ольги Софроновой – Суһум «АХТЫБЫТ ДАҔАНЫ ЭБИППИН». АХТЫБЫТ ДАҔАНЫ ЭБИППИН Күһүҥҥү бу кэрэ көстүүнэн Чуумпутук көрүстэ Айылҕам, Мин ийэм, мин аҕам кэриэтэ Иһирэх мичээрин саната. Ахтыбыт даҕаны эбиппин Күһүнтэн саһарбыт күөх тыабын, Сайаҕас салгынын ыймахтыы Дуоһуйа дьоллонон хаамарбын. Оттоммут кээһиилээх алааспын, Күрүөлээх отторбун, аларбын, Үтүөлээх- үөрүүлээх күннэрбин Олохпор олорон ааспыппын ... Сүрэҕим бобута туппахтыыр Төннүбэт түгэни сайыһа ... Санаабар хатыҥнар сайыны Атаарар курдуктар ытаһа ... Соҕуруу хомуллан суһаллык Көппүттэр көтөрдөр оҥостон, Чуумпурбут ойуурум соҥуйан Саас кэлэр кэмнэрин кэтэһэр. Бүтэһик төгүлүн Айылҕа Бэйэтин кэрэтин бэлэхтиир, Хап-хара ууламмыт отонун Кыыһыгар утары бу уунары ... Эдьиийим эйэҕэс сыһыанын Күһүҥҥү бу халлаан санатар, Ып-ыраас, сып-сырдык уйаҕас Иэйиитэ олустук долгутар. Күһүҥҥү бу чуумпу долгураҥ, Тыал хамсыыр, үҥкүүлүүр бу чараҥ, Иэйиини сүрэхпэр биһиктии Турабын соҕотох чуҥкуйан. Саһарбыт сэбирдэх хатыҥтан Тэлээрэн эргийэн түстэҕэ, Сайыммыт бүтэһик төгүлүн Кэрэтин бэлэхтээн аастаҕа ... Хаамабын ойуурум устунан Араҕас солотуу быыһынан Атаҕым анныгар сэбирдэх Ыарыытын чугастык ылына ... Ольга Софронова-Суһум Ньурба к., с. БОЖЕ, ОЧАРОВАНА РЕАЛЬНО В образе чарующем, осеннем, тихо встретила меня природа, искренне напомнив, как бесценна, мам и пап улыбок светом - ода. Боже, очарована, реально, золотом тайги зелёной прежде, воздух пью чистейший натурально, радостно хожу по тайным тропкам. Спят стога по скошенным аласам, в изгородях, сделанных за лето, жизнь реальная проходит разом, светлой памятью она воспета. Сердце здесь волнением сжимает, точку отпуская не возврата, тёплых слёз рыдания берёзок, лета уходящего заката. Быстро улетают к югу птицы, срочно спохватившись — осень тает, истинно задумчив лес притихший, снова в чаяньи весны скучает. Время чудом сказочной природы, дарит красоту неизъяснимо, ягоды рябиновые в мёде, солнечном, найдёт неумолимо. Ласковых сестёр напоминает, грёз сиянье в небосводе звёздном, ясной, светлой верой утешает, сила чувственных эмоций в вечном. Тихое, осеннее волненье, ветер пляшет с рощицей берёзок, чувством в сердце бьётся вдохновенье, в грусть впадает явно, отрешённо. Жёлтый лист берёзки белоствольной, падает на землю пируэтом, лета прОводами танго вольным, прелести осенней менуэтом. Шаг неспешный, осени навстречу, меж берёз покрытых позолотой, шорох листьев слушая, отвечу, боль их принимаю близко к сердцу. Василий Полятинский 16:45 – 20:23 :31 – 23:05 © Свидетельство о публикации №123092704842 минус – Осенний романс Все авторские права на публикуемые материалы принадлежат их законным владельцам и взяты из открытых источников сети интернет. All copyright in the published materials belongs to their legal owners and is taken from open sources on the Internet.
Hide player controls
Hide resume playing