Кинигэ – үйэлээх өлбөөдүйбэт баай! Кинигэ – норуот баайа, Кинигэ – өй-санаа уостубат кылаата. Киһи аймах көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ, үйэттэн-үйэҕэ муспут баай уопута, билбитэ – көрбүтэ барыта кинигэҕэ киирэр. Ол курдук бүгүҥҥү «Ааҕар Дьокуускай» биэриигэ Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, Саха сирэ уонна Татарстан суруйааччыларын сойуустара, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан хардарыта үлэлэһэн Татаар аныгы прозатын антологиятын ону таһынан Саха сирин прозатын антологията Татаар тылынан тахсыбытын туһунан уонна ханнык тас дойдулары кытта ыкса үлэлэһэллэрин сырдатта. Сайт: ВКонтакте: Телеграм:
Hide player controls
Hide resume playing