М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет иһинэн үлэлиир «Опен» эбии үөрэхтээһин кыһатыгар хас да хайысханан үлэ ыытыллар. Манна хайа баҕар орто эбэтэр үрдүк үөрэхтээх киһи идэтин таһымын үрдэтиэн эбэтэр саҥа идэни баһылыан сөп. Ханнык хайысханан билии ылыахха сөбүй, туох ирдэбил баарый, эбии үөрэх сыаната төһөнүй, ханнык куурус босхонуй? Бу туһунан институт маркетиҥҥа салаатын үлэһиттэрэ Анатолий Васильев уонна Алексей Калашников сырдаттылар. Үөрэх туһунан сиһилии саайтка эбэтэр Дьокуускай куорат, Кулаковскай аатынан уулусса, 48 аадырыска турар естественнэй наука факультеттарын куорпуһугар баар 532-с кабинеттан билсиҥ.
Hide player controls
Hide resume playing