Судаарыстыбаннас күнүн көрсө “Эйгэ“ сынньанар киин тэрээһининэн Уолбуттааҕы тэрилтэ үлэһиттэрэ, оҕолоро, олохтоохторо Саха сирин Өрөгөй ырыатын (ГИМНын) толордулар. Саха сирин Өрөгөй ырыатын тылларын СавваТарасов уонна Михаил Тимофеев суруйбуттара. Мелодиятын Кирилл Герасимов айбыта. 2004 с бэс ыйын 15 күнүттэн Өрөгөй ырыатынан биллэриллибитэ. Бу видео Өрөгөй ырыатын тылларын үөрэтэргэ тоҕоостоох гына оҥоһулунна. Төрөөбүт дойдубут Саха сирэ чэчирии сайдарын туһугар, сахалыы саҥабыт симэлийбэккэ үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэригэр, дойду, норуот туһугар бэриниилээх буоларга бу видео ананар. Өрөгөй ырыатын толорбут биир дойдулаахтарбытыгар махтанабыт. Видеоны уһулла Алексеев А.И., таҥан, тупсаран оҥордо Худаева С.М.
Hide player controls
Hide resume playing