Myvideo

Guest

Login

Сыл тахсар отторун булаары кн-дьыл былдьаыга

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Сыл тахсар отторун булаары күн-дьыл былдьаһыга ️ От ыйа бүтэрэ чугаһаата. Ханна баҕарар бу күннэргэ от үлэтин үгэнэ. Быйыл үүнүү туругун, үлэ-хамнас хайдах баран иһэрин билсэ отчуттары кытта көрсөн кэпсэттибит. Чоххох диэн алааска от охсуллан тэлгэммит. Манна Майаттан Афанасий Борисов хаһаайыстыбатын биригээдэтэ оттуу сылдьар эбит. Быйыл окко от ыйын 9 күнүттэн киирбиттэр, Улуу Сыһыы диэн алаастан саҕалаабыттар. Улуу Сыһыыттан 100-тэн тахса тонна оту ылбыттар. Салгыы Бэдьимэ нэһилиэгин олохтооҕо 76 саастаах Иннокентий Корякин дьиэ кэргэнин кытта кэтэх хаһаайыстыбаларыгар оттуу сылдьалларыгар тиийдибит. Кырдьаҕас отчут Иннокентий Иннокентьевич: “Сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн ыла биир да күнү көтүппэккэ оттоон-мастаан, сүөһү-ас көрөн, иитэн кэллибит. Сааһырыы бэрээдэгинэн үлэни кыайбат буолан иһэбит, күүспүт кыайарынан сүөһүнү эспэккэ, көрөн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Түөрт ынахтаахпын, икки үөр сылгылаахпын. Окко оҕолорум, күтүөттэрим  көмөлөһөр буолан иитэн олоробут“, - диир. Сиһили... Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later