Myvideo

Guest

Login

лнэ суруга-бичигэ

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр барыта 23 руническай сурук баара биллэр. Бу суругу VIII-X үйэлэргэ суруйбуттара сабаҕаланар. Сорох суруктар өссө эрдэ IV-V үйэлэргэ суруллубут буолуохтарын сөп. К. Доннер, М. Рясянен, Г.В. Ксенофонтов, С.Е. Малов, П.А. Ойуунускай А.П. Окладников, И.И. Барашков, В.Д.Запорожская, Е.С. Сидоров, Н.К. Антонов, А.И. Гоголев, Г.Г. Левин о.д.а. чинчийбиттэрэ. 1951 с. А.Н.Бернштам суруктары дириҥник үөрэппитэ: давыдовтааҕыны «алхатым» (алҕаатым), куртухайскайдааҕыны «бөкмэдим» (астымматым), суруктаах арыытааҕыны “ада ол арам” (тылбааһа суох), петровскайдааҕыны “аз йинчэ ад эб” (аз чөмчүүгэ, эт-дьиэ), шишкиннээҕини “ач өлүм” (өллүм) диэн аахпыта уонна бу суруктарга былыргы кыргыз, былыргы оҕус, былыргы уйгуур тылларын пуормалара баарын ыйбыта. 1941 с. А.П. Окладников, И.И. Барашков, Н.К. Антонов аҥаардас руна суруктарын эрэ буолбакка, рунаҕа майгынныыр бэлиэлэриэмиэ үөрэппиттэрэ. П.А. Ойуунускай Орхон графемаларыгар сөп түбэһэр 17 бэлиэ баарын быһаарбыта. Оттон И.И.Барашков £лүөнэ руникатыгар 45 руническай бэлиэ баарын, онтон 26-та Орхон-Енисей мэҥэ таастарын графемаларыгар майгынныырын бэлиэтээбитэ. Кэлин А.П. Окладников, В.Д.Запорожская £лүөнэ суруктарыттан 15-һэ Орхон-Енисей руническай графемаларыгар сөп түбэһэрин ыйбыттара. Бу биэрииттэн көрөөччү Орто Өлүөнэ сүнньүгэр баар руна уонна рунаҕа майгынныыр суруктары, чуолаан Улахан Ааҥҥа, Еланка хайаларыгар баар петроглифтар тустарынан билиэҕэ. Көрүҥ, сэргээҥ, тарҕатыҥ, төрөөбүт тылгытын, үгэскитин үөрэтиҥ!

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later