Бүгүн волонтердарынан “Россия ийэлэрэ” общественнай түмсүү Намнааҕы салаатын салайааччыта Марианна Рожина, Намнааҕы социальнай харалта управлениетын сүрүннүүр специалиһа Анастасия Баишева, «Бастакылар хамсааһыннара” түмсүү Намнааҕы салаатын специалиһа Сахаяна Васильева, Намнааҕы педколледжтан Надежда Суздалова салайааччылаах устудьуоннар бөлөхтөрө үлэлииллэр. Улууска ыытыллар аахсыйаны үлэ кэлэктииптэрэ, урбаанньыттар, улуус олохтоохторо көхтөөхтүк өйүүллэр. Нам улууһун олохтоохторо маннык алдьархай быһылааннартан хаһан да туора турбат этилэр. Бу да сырыыга күүстээх көмөнү оҥоруохтара диэн эрэнэбит. Бар дьоммутун аахсыйаҕа холбоһон, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөргө бэйэҕит кылааккытын киллэрэргитигэр ыҥырабыт. Гуманитарнай көмөнү хомуйуу пуунун үлэтэ улуус дьаһалтатын дьиэтигэр салҕанар. “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата Source: Администрация МО «Намский улус»
Hide player controls
Hide resume playing