Myvideo

Guest

Login

блйдээх Байанай крэх Ленскэй оройуонун басты булчуттарын тмтэ

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Ленскэй оройуонун Нотуора нэһилиэгэр онус төгүлүн “Байанай“ диэн улуустааҕы булчуттар күрэхтэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна. Барыта тоҕус хамаанда күөн көрүстэ. Оройуон байанайдаах булчуттара, кыраҕы харахтаах сонордьуттара сыал ытыытыгар, ойбон алларыытыгар, кутаа уот оттуутугар, сааны ыһыыга-хомуйууга күрэхтэстилэр. Ону тэҥэ алта түһүмэхтээх эстафетаҕа бастыҥы быһаардылар уонна бултка сыһыаннаах викторинаҕа хоруйдаатылар. Тыҥааһыннаах күрэхтэһиини тэҥэ оҕолорго анаан “Эдэр булчут“ тэрээһин, бастыҥ түһүлгэни, фотозонаны быһаарар күрэх, минньигэс бүлүүдэ аукциона ыытылынна. Сааскы кэрэ, бэлиэ күнү Саха эстрадатын сулустара Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй уонна Айса ырыаларынан киэргэттилэр. Эҕэрдэ нүөмэрдэрин улуус бастыҥ куоластаахтара эмиэ бэлэхтээтилэр. “Байанай“ күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни Ленскэй оройуонун “Акела“ хамаандата, иккис миэстэни Орто Наахара нэһилиэгин, үһүс миэстэни Нотуора нэһилиэгин хамаандалара ыллылар. Күрэхтэһии чаҕылхай түгэннэрин устар бөлөҕүн видеотыгар көр

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later