Бэс ыйын 30 күнэ – Сардаана сибэкки күнэ! Сахабыт сирин биир саамай кэрэ, сиэдэрэй сибэккитэ САРДААНА буолар. Бу сибэкки сахаларга ураты суолталаах – кэрэҕэ тардыһыы бэлиэтэ. Онно сиэттэрэн, бүгүҥҥү биэриибит дьикти дьылҕалаах кинигэлэр тустарынан, кинилэр ааптардарын кытта сэһэргэһиигэ ананар. Ол курдук, Сардаана Корякина-САРДААНА «Күтүөккэ хомолто», Сардаана Сивцева-Саная «Три кувшина» кинигэлэрин тула кэпсэтэр Евдокия Иринцеева-Огдо. Бука бары Сардааналары ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Сардаана сибэкки, эн кэрэ көстүүҥ Долгутар мин дууһабын. Сардаана, кэрэ көстүүҥ куруутун Дьон дууһатын үөрдэ туруохтун! Биэриини бэлэмнииргэ күүс-көмө буолбут Traveler's Coffee кафе, Ботаническай саат үлэһиттэригэр улахан махталбытын тириэрдэбит.
Hide player controls
Hide resume playing