Хас биирдии кыыс оҕо улаатан, ситэн-хотон, айылҕатынан ийэ буолар аналлаах. Сороххо оҕо судургутук кэлэр, сороххо туолбат ыра санаа буолар. Ардыгар оҕо күн сирин көрбөккө, ийэтин иһигэр утуйар, эбэтэр төрөөн баран кылгас кэм иһигэр олохтон күрэнэр. Сүтүктээх, ис туруга айгыраабыт дьахтарга кимнээх көмөлөһүөхтэрэй? Бүгүн биһиги студиябытыгар дьиэ кэргэн психолога Наталья Заблоцкая ыалдьыттыыр. Маннык иэдээҥҥэ түбэспит дьахтар ордук дьүөгэтигэр, ийэтигэр, эдьиийдэригэр кэпсиир, арыллар идэлээх. Сорох дьон бэйэтигэр бүгэн хаалан, букатын да өй-санаа өттүнэн айгырыыр, буккуллар түгэннэрэ үгүс. Онон анал үөрэхтээх психолог өҥөтүнэн туһаныы – олус наадалаах. Кинилэр сөп суолу ыйан-кэрдэн, сүтүккүтүн чэпчэкитик аһарынаргытыгар күүс-көмө буолуохтара. Хайдахтаах даҕаны иэдээҥҥэ, тостон хаалбакка, кэмигэр көмө көрдөөн, салгыы олох олоруу – хас биирдиибит ытык иэһэ буолар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай көмө киинин өҥөтүнэн туһаныаххытын сөп. Аадырыһа: Курашов уулусса, 36 нүөмэрдээх дьиэтэ, тохтобула суох үлэлиир анонимнай суһал линия нүөмэрэ: 88001003550
Hide player controls
Hide resume playing