Орлята России“ хамсааһын тула кулун тутар 25-26 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларын сахалыы тыллаах алын кылаас учууталларыгар анаан үөрэҕи үрдэтии, уопут атастаһыы кылгас кэмнээх эбии үөрэхтээһин ытылынна. Бу тэрээһин иккис күнүгэр “Кэскил“ оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ “Композиционная стратегия школьных новостей“ диэн тиэмэҕэ учууталларга стратегическай сессия ыыттылар. Хамаандаларга арахсан оҕолору үөрэтэргэ сонун идеялары киллэрэр оонньуу тула муһуннулар. Бэйэлэрэ толкуйдаабыт бырайыактарын толкуйдаан оҥордулар уонна көмүскээтилэр. Кэлин бу бырайыактар олоххо киирэллэрин ситиһиэхтээхпит.
Hide player controls
Hide resume playing