Myvideo

Guest

Login

Уроки в Москве и Санкт-Петербурге

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

10 кылаас коллектива ахсынньы 9 күнүттэн ахсынньы 17 күнүгэр дылы “Уроки в Москве и Санкт-Петербурге“ үөрэхтээһин экспедициятыгар баран кэллибит. Оҕолор дойдубут баай историялаах куораттарын кытта билистилэр , элбэх саҥаны биллилэр-көрдүлэр. Москва, Санкт - Петербург куорат устун күүлэйдээтибит , историяларын , архитектураларын, культураларын кытта билистибит. Москва куоракка дойдубут тэбэр сүрэҕэр Кыһыл болуоссакка сырыттыбыт, онно баар царь пушканы, царь колоколы, Храм Василия Блаженного, Успенскай собору, мавзолейы, герой- куораттар обелисктарын , аатырбыт Оружейнай палата музейын көрдүбүт. Зарядье паркаҕа күүлэйдээтибит, аатырбыт ГУМ маҕаһыын саҥа дьылга анаан кыраһыабайдык киэргэммитин сөҕө-махтайа көрдүбүт, аатырбыт ГУМ мороженайын боруобалаатыбыт. Аатырбыт Арбат устун элбэх биллэр суруйааччылар хаампыт сирдэринэн сырыттыбыт, интириэһинэй историятын иһиттибит. Поклонной хайаҕа баар Аҕа дойду сэриитин историятыгар аналлаах Кыайыы музейыгар сырыттыбыт, хос эһээлэрбит, аймахтарбыт хаартыскаларын илдьэ баран ааттарын ааттаталаатыбыт, биһиги эйэлээх олоххо олорорбутугар хорсун быһыыларыгар убаастабылбытын биллэрдибит.СССР- Россия космическай держава буоларын көрдөрөр музейы биир тыынынан көрдүбүт, элбэх информацияны ыллыбыт. Математикаҕа ВДНХ музейыгар сылдьан сорудах толоруохтаах буоланнар балачча өр бириэмэ онно сырыттылар, элбэх кэнсиэрбэ бааҥка ахсаанын аахтылар, толкуйга түстүлэр, өй-мэйии үлэтэ күүскэ баран ВДНХ аатырбыт катогар сынньана таарыйа хаҥкылаан сүүрдүлэр. Өссө биир киһи төбөтө-мэйиитэ эргийэр сиригэр “ Остров мечты“ диэн аттракциоҥҥа сылдьан балачча мэниктээтибит, ол быыһыгар сылайдыбыт, дьэ уонна Москва- Санкт-Петербург маршрутунан поеһынан айаннаатыбыт . Бастаан тиийээт да Москва куоракка Саха сирин представительствотыгар сылдьыбыппыт. Волонтеры Саха общественнай тэрилтэ салайааччыта Константинова Туяра Николаевна бэйэтэ көрсүбүтэ, экскурсия ыыппыта, оҕолор оскуолабыт “ АгроНул“ыыппыт сублимированнай борщун, хаппыыстатын туттарбыппыт, оҕолор суруйбут “Письмо солдату“ , сахалыы кинигэлэри уонна саҥа дьыллааҕы открыткалары биэрбиппит. Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев кабинетыгар сылдьыбыппыт . [04:19, ] БСВ: Санкт-Петербург биһигини үөрэ-көтө күннээх күнүнэн көрүстэ. Саамай кыраһыабай куорат устун автобуснай, пешеходнай экскурсияларга сырыттыбыт. 40 сыл устата тутуллубут биир саамай улахан соборга , Исаакиевскай соборга киирэн историятын кытта билистибит, аатырбыт мозаикалары, иконалары, фрескалары көрдүбүт, дьон талааныттан, мындырыттан сөхтүбүт. Особняк Румянцева баар музей истории Санкт-Петербурга “Ленинград в годы ВОВ“ экспозициятын интэриэһиргээн көрдүбүт, элбэх саҥа информацияны биллибит, аатырбыт Таня Савичева дневнигын көрдүбүт, Ленинград куорат олохтоохторун хорсун быһыыларыттан сөхтүбүт. Аатырбыт Дворцовай , Сенатскай площадтарынан хаамтыбыт. Киһи дууһата долгуйар, сүрэҕэ ыалдьар сиригэр 490 тыһыынча Ленинград куорат блокадатын олохтоохторо, көмүскээч…

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later