Хапсыын атыыһыт хос-хос сиэнэ удьуорун умнубат Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Иркутскай куораттан дьоһун-мааны ыалдьыттар ааттаан-суоллаан кэлэн бардылар. Кинилэр кимнээхтэрин билиһиннэрэр буоллахха, Кушнаревтар сыдьааннара ‒ 88 саастаах Анна Михайловна ЛАВРОВА уонна кинини арыаллаан историческай наука дуоктара, РНА СО этнологияҕа уонна антропологияҕа институтун кылаабынай научнай сотруднига Анна Анатольевна СИРИНА. Анна Михайловна Лаврова ‒ Агриппина Акепсимовна Кушнарева хос сиэнэ. Кини эбэтэ Антонина Акепсим Михайловичка иитиллибит. Саха сиригэр бөдөҥ атыы дьиэтин төрүттээбит Акепсим Михайлович 1837 с. Павловскай бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит аата ‒ Хапсыын атыыһыт. Атыынан Акепсим Кушнарев дьиэ кэргэнэ бүттүүн дьарыктаммыта. Кэргэнэ Екатерина арыгы уонна испиир кууһунан уонна биирдиилээн атыытынан дьарыктаммыт. Анна Михайловна Лаврова хос эбэтэ Агриппина Акепсимовна, кэргэнин араспаанньатынан Бушуева, сүөһү, сылгы атыытыгар эппиэттээҕинэн сылдьыбыт. Уоллара ... Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Hide player controls
Hide resume playing