Евдокия Гаврильева тыллара Светлана Константинова мелодията Болуосакка Кыайыы күнэ Парадтааммыт хаамабыт. Чугас дьоммут күлүктэрин Өрө тутан иһэбит. Хос ырыата: Өрөгөйдөөх күммүт үүннэ Өлбөт-сүппэт полк кэллэ. Бу үөрүүлээх парадка Биһигинниин хаамыста! Мэтээллэрин уордьаннарын Түөстэригэр иилиммиттэр. Күндү дьоммут мөссүөннэрэ Субу илэ курдуктар. Хос ырыата: Өрөгөйдөөх күммүт үүннэ Өлбөт-сүппэт полк кэллэ. Бу үөрүүлээх парадка Биһигинниин хаамыста! Улуу Кыайыы дьоруойдара Эһээлэрбит, эбээлэрбит Үрдүк үтүө ааккытынан Киэн туттабыт сиэннэргит! Хос ырыата: Өрөгөйдөөх күммүт үүннэ Өлбөт-сүппэт полк кэллэ. Бу үөрүүлээх парадка Биһигинниин хаамыста!
Hide player controls
Hide resume playing