Myvideo

Guest

Login

Маастар Мария Аманатова: айар талааным миигин рдккэ кынаттыыр

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Уран тарбахтаах маастар Мария Аманатова – Сандаара Баат Нам улууһун Хамаҕаттатын олохтооҕо. Кини 2006 сылтан саҕалаан кылынан, сиэлинэн дьарыктанар. Үлэлэрэ нэһилиэк, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаҕа туран, үгүс дьон биһирэбилин ылар. Итинтэн сиэттэрэн, атын улуус ииһинэн үлүһүйээччилэригэр анаан маастар-кылаастары ыытар, оскуола оҕолоругар саха төрүт үгэһин билиьиннэрэр. СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастара. Талааннаах киһи утумнааччылардаах буолар дииллэринии, Мария Николаевна билиитин-көрүүтүн, сатабылын дьоҥҥо тиэрдэр. Ол курдук, кини “Cөрүө” иистэнньэҥнэр, “Дьэрэкээнэ” кийииттэр түмсүүлэрин уонна “Айыы Хотун” үҥкүү коллективын салайар. Ону тэҥэ “Тупсууна” диэн дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйар. Маны таһынан, оҕуруотчуттары, ырыаһыттары бииргэ түмэр. Манан маастар үлэтэ-хамнаһа бүппэт, өссө Нам улууһун “Ситим“ коллекционердар холбоһуктарын салайар. Мария Николаевна түмсүү кыттыылаахтарын кытта өрөспүүбүлүкэ бэлиэ дааталарыгар анаан ураты оҥоһуктаахтар. Сиэлтэн хатан тыыннаах кэриэтэ сылгыны уонна өрөспүүбүлүкэ каартатын, итини таһынан убаһа хабаҕыттан улуустар гербэлэрин оҥорбуттар. устар бөлөҕө Мария Аманатоваҕа ыалдьыттаата.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later