Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев «Саха»НКИХ «Тэтим» араадьыйатын быһа эпииригэр «Саха баар-суох буоларын тыа сирэ быһаарыаҕа» диэн этиигэ тохтоон тугу этиэҥ этэй? Биһиги сүрүннээн тыа сириттэн үөскээн тахсыбыт саха сирэйдээх, сахалыы өйдөөх-санаалаах дьон буоларбыт быһыытынан, тыабыт сирин хаһан да умнубаппыт. Тыа сирэ баар буоллаҕына, саха омуга баар буолуоҕа диэн этиини кытта толору сөбүлэһэбин. Биһиги туох баар үгэс буолбут дьарыктарбыт, сүрүн сыаннастарбыт, сиэрбит-майгыбыт, омук быһыытынан уратыбыт, өбүгэлэрбитин кытта ситиммит тыа сирин кытта ыкса сибээстээҕин өйдүүбүн уонна сыаналыыбын. Тыабыт хаһаайыстыбатын эһэн кэбистэхпитинэ, эппит, үүппүт син биир баар буолуоҕа эрээри, кэлии ас үтүрүйүөҕэ, саамай кутталлааҕа -норуот олоҕун сүрүн укулаата ыһыллыаҕа. Онон тыа хаһаайыстыбатын өйүүр бэлиитикэни салгыы ыытыахпыт уонна кыахпыт тиийэринэн сайыннарыахпыт. Ил Түмэн пресс-сулууспата Источник: Новости Ил Тумэн
Hide player controls
Hide resume playing