Амма улууһун баһылыгын муҥхатыгар Баай Байанай «мичик» гынна ️ ️ Эмис нэһилиэгиттэн арҕаа уонча биэрэстэлээх Хойуо Эбэтигэр Амма улууһун баһылыгын иккис төгүлүн ыытыллар муҥхата ыраахтан-чугастан ыалдьыттар кыттыылаах олус көхтөөхтүк, киһи санаата кэлэр гына бултуйуулаах буолла. ️ ️ Өбүгэ саҕаттан саха норуота өрө туппут, баччаҕа диэри илдьэ кэлбит булдун биир көрүҥэ быйыл тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Социалистическай куоталаһыы чөмпүйүөнэ, ССРС кинематографиятын туйгуна, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кадровай булчут, өр сыл устата Эмис муҥхатын салайбыт Афанасий Михайлович Бубякин аатын үйэтитэр сыаллаах икки күн ыытылынна. ️ Сиһилии сонуну сайтка аах, өссө элбэх хаартысканы киирэн көр ↩️ Источник: Газета “Амма оло5о“ | Амгинский улус
Hide player controls
Hide resume playing