Якутский писатель, народный поэт Якутии. Участник Великой Отечественной войны. Член СП СССР с 1957 г. Творчество Петра Тобурокова многогранно и отличается широким жанровым диапазоном: это сотни популярных песен и стихов, поэмы, сказки, баллады, сатира, лирическая проза, оригинальные пьесы, философские эссе. Родился: 25 октября 1917 г., Оросунский наслег Умер: 6 марта 2001 г. (83 года), Якутск • Уонна хаһан олороору, Уонна хаһан оҥоророору, Син иккистээн кэлбэккин Кэлин кэлэн ситэрбэккин, Бу дойдуга эргийбэккин, Этиһэн да тиллибэккин. Уонна хаһан олороору, Уонна хаһан толороору, Үтүөнү саныы саныы Үөтэлээҕи оҥорбоккун, Ыра гынан ыллыы ыллыы Ылсыһарга соруммаккын. Саҕаламмат хойгур баҕа Самыыра суох былыт тыала Ылсыллыбат дойҕох санаа Ынах тэпсэр суолун быыла Бүгүҥҥү күн эргиллибэт Быйылгы дьыл төннүбэт. Күнүн аайы уһаппакка Күнү дьылы бараабакка Оҥоруоҕу оҥоруохха Толоруоҕу толоруохха Уонна манна төннубэккин Этиһэн да тиллибэккин Уонна хаһан олороору Уонна хаһан оҥороору Уонна хаһан???
Hide player controls
Hide resume playing