Myvideo

Guest

Login

Саха сирэ кирэдьииттээин рейтинигэр Россия регионнарын ортотугар тохсус миэстэ буолла

Uploaded By: Myvideo
360 views
0
0 votes
0

Саха сирэ кирэдьииттээһин рейтинигэр Россия регионнарын ортотугар тохсус миэстэҕэ сылдьар. Гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы пуондата аахпытынан, орто хамнас 81 тыһыынчаттан тахсаҕа тэҥнэспит. Итинтэн ортотунан 28,5 тыһыынча солкуобай кирэдьииккэ барар. Онтон кулун тутар саҥатыгар сүрүн ас-үөл сыаната холбоон 23 тыһыынча солкуобайтан тахса буолбут. Бу рейтини оҥорорго пуонда Росстат уонна киин баан дааннайыгар олоҕурар. Манна хамнас орто кээмэйэ, кирэдьиит суумата учуоттанар. Оттон рейтиҥҥэ инники күөҥҥэ Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук, иккискэ Сахалин уобалаһа бааллар. Москва бэһис, Санкт-Петербург куорат 12-с миэстэҕэ тураллар.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later