Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Мэҥэ Хаҥаласка тыа хаһаайыстыбатын уонна үөрэҕирии 150 сылыгар, Хара нэһилиэгэр дойдуга бэриниилээх буолуу сылларыгар «Аҕа дьоло - оҕотугар» Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар Аҕалар күннэригэр аналлаах тэрээһин Алтынньы ый 24 күнүгэр, «Айыллаан» култуура киинигэр ыытыллан ааста. Уопсайа алта хамаанда саастарынан 3 бөлөххө арахсан кытынна. 5 аҕа оҕолорунаан сахалыы төрүт оонньууларга: 1. Суоска тэбии; 2. Хабылык, хаамыска; 3. Кириэс тэбии; 4. Таба быраҕыы; 5. Хомуур оонньуу күрэхтэригэр илин-кэлин түһүстүлэр. 5 түһүмэх түмүгүнэн бу курдук кыайыылаахтар ааттаннылар: 1 бөлөххө: 6-8 саастарыгар диэри оҕолорго бочуоттаах 2 миэстэни ыллылар Мичийээнэ, Иван Макаровтар. Муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыстылар Алтан, Виталий Очировтар. 2 бөлөххө: 9-11 саастарыгар диэри оҕолорго 2 миэстэ Коля, Семен Избековтар, 1 миэстэ Эрэл, Степан Коколовтар буоллулар. 3 бөлөххө: 12-14 саастарыгар диэри оҕолорго 2 миэстэни ыллылар Эрчим, Степан Коколовтар, 1 миэстэни Иван, Стас Баишевтар ылары ситистилэр. Күрэхтэһии сыала-соруга буолар: оҕону иитиигэ аҕа оруолун үрдэтии, кэлэр кэнчээри ыччакка ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитии, саха төрүт оонньууларын сөргүтүү, сайыннарыы, тарҕатыы. Бу күрэххэ кэлэн кыттыыны ылбыт Аҕаларбытыгар, кинилэр кэнчээри ыччаттарыгар барҕа махтал тыл бастыҥын аныыбыт. Инникитин даҕаны бу курдук тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.
Hide player controls
Hide resume playing