Myvideo

Guest

Login

лэ, эйэ, маай бырааынньыга

Uploaded By: Myvideo
31 view
0
0 votes
0

Ыам ыйын 1 күнүгэр «Кыайыы түһүлгэтэ» болуоссакка Үлэ, Эйэ, Маай күнүнэн бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолла. Кэлбит күөх маайынан Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексеев Василий Петрович эҕэрдэтэ, В. М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын директорыгар Копырин К. М. үгэс буолбут сыл аһыллыытын бэлиэтин туттарда. Бороҕон нэһилиэгэ бэйэбит анал бигэргэммит Гербэлээх уонна былаахтаах буоллубут. Нэьилиэк гербэтин уонна былааҕын эскиьин оцорорго куонкуруска уопсайа 10 оҕо уонна 3 улахан киһи кыттыбыта. Куонкурус кыайыылааҕа олохтоох дьаьалта специалиһа Прудецкий Ф. В. гербэ, былаах суолтатын олохтоохторго билиһиннэрдэ, куонкурус кыттыылаахтарыгар дьаьалта баһылыга Алексеев В. П. Грамота туттарда. Биир дойдулаахтарбыт Надежда-Иванова Аржакова тыл, А. Васильев мел. «Тумул Дархан» нэһилиэк гиминэн бигэргэммит ырыаны А. Васильев ыллаата. Үгэс буолбут сылын аайы ыытыллар сымыыт харсыһыннарыы күрэҕэ ыытылынна, кыайыылааҕынан Иванова В. А., Находкин В. Е буоланнар лоток сымыытынан наҕараадаланнылар. Маны таһынан музыкальнай эҕэрдэлэр, оҕолорго анаан көрдөөх оонньуулар, атыы-тутуу выставката тэрилиннэ.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later