#спорт ⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу орто оскуолатын үөрэнээччитэ Саша Захаров мас тардыһыытыгар чөмпүйүөннээтэ? Башкортостаҥҥа ыытыллыбыт мас тардыһыытыгар Россияҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ 14-15 саастаах уолаттар ортолоругар кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Ону тэҥэ Оҕо спортивнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ Саян Саввинов үһүс, Харысхан Габышев эмиэ үһүс бириистээх миэстэлэри ылан, дойдуларыгар мэтээллээх кэлэр буоллулар “Оҕолорбутун уонна кинилэр тренердэрин Геннадий Михайлович Охотины үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибин! Киэҥ Россия түһүлгэтигэр Үөһээ Бүлүүбүтүн дорҕоонноохтук ааттаппыккытыгар махтанабын. Үөһээ Бүлүү - өрүү үөһээ, өрүү үөһээ - Үөһээ Бүлүү “, - диэн улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев эҕэрдэтин тириэрдэр. “Үөһээ Бүлүү“ хаһыат Источник: Газета Верхневилюйского района 💯
Hide player controls
Hide resume playing