🌞🔅🌞🔅🌞🔅🌞🔅🌞🔅🌞 Kэхтибэт кэрэлээх Кэрэ саас кэлбитинэн! Өрөспүүбүлүкэ диэн ааттаах Өрөгөйдөөх күммүтүнэн! 🌞 Муус устар 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлээн туран 🌞 «Атамай нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии тэрилтэлэрин толорууларыгар 🎼Савва Тарасов уонна Михаил Тимофеев тылларыгар, Кирилл Герасимов музыкатыгар. 🔅 «Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата» 🔅 Кыттыыны ыллыллар: 🔸»Атамайдааҕы муниципальнай тэриллии» тэрилтэ үлэһиттэрэ 🔹 В. Д. Лонгинов аатынан «Атамай орто оскуолатын» үлэһиттэрэ уонна оҕолоро 🔸»Радуга» оҕо уһуйаан үлэһиттэрэ 🔹МБТ «Атамайдааҕы сынньалаҥ киинэ» үлэһиттэрэ 📝📝📝📝📝📝📝📝📝 1 куплет: Сахам сирэ дьоллоох тускуга Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр, Илинтэн арҕаа ол кустуга Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр Хос ырыата: Барҕа быйаҥнаах Саха дойдута Модун Россия киэн туттуута; Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун, Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун! 2 куплет: Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ Өлбөт-мэҥэ угуттуур уулаах. Элбэх омукка эрчим эбэр, Или-эйэни олохтуур уохтаах. 3 куплетын : Ааспыт кэммит айхаллаах суола Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ, Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ. 📝📝📝📝📝📝📝📝📝📝 Кыттыыны ылбыт дьоммутугар МБТ «Атамайдааҕы сынньалаҥ киинэ» аатыттан махталбытын тириэрдэбит. 👏👏👏 Бука барыгытын өссө төгүл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит, үлэҕитигэр үөрэххитигэр үрдүк дабайыылары 👏👏👏
Hide player controls
Hide resume playing