Myvideo

Guest

Login

Сахалыы быаарыы суруктаах 100 аппарааты бэтэрээннэргэ тэттилэр

Uploaded By: Myvideo
545 views
0
0 votes
0

3-с №-дээх клиническэй балыыһаҕа киһи хааныгар төһө саахар баарын бэрэбиэркэлиир 100 аппарааты үлэ бэтэрээннэригэр, аҕам саастаахтарга түҥэттилэр. Саҥа тэрил Россияҕа оҥоһуллубут. Хайдах туттар туһунан эбии суругар эбии сахалыы тылбаастаммыт. Даҕатан эттэххэ, уопсайа 800-тэн тахса саахар диабеттаах киһи учуокка турар, мантан 30%-на күн ахсын хаанын саахарын бэрэбиэркэлэниэхтээх. Доруобуйа харыстабылын министиэритсибэтэ иһитиннэрбитинэн, санкциянан сибээстээн омук сиригэр оҥоһуллубут аппарааттары олохтоох тэриллэринэн солбуйуохтара. Ол чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо үс тыһыынча саахары бэрэбиэркэлиир тэрили аҕаллылар. Салгыы бу хайысхаҕа үлэ тэтимириэ. «Быраастар өҥөлөрө олус улахан, биһиги куруук хонтуруолга сылдьабыт. Сахалыы суругунан-бичигинэн быһаарыы суруктааҕа олус үөрдэр», — диэтэ Дьокуускай олохтооҕо Иван Федотов.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later