Бүгүн “Азия оҕолоро“ Оонньууларыгар мас тардыһыытыгар 60 уонна 70 кг ыйааһыннарга мадьынылар мэтээл иһин кииристилэр. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнара икки ыйааһыҥҥа иккиэн бастаан, үөрүүлэрэ муҥура суох. «Модун» спортивнай киин тренерэ, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ Дмитрий Саввин киирсиилэр туһунан уонна сарсыҥҥы күнтэн тугу күүтэрин санаатын үллэһиннэ Source: UM Якутия
Hide player controls
Hide resume playing