Myvideo

Guest

Login

Саха НКИХ ханаала мультипликационнай киинэлэри срэхтиир

Uploaded By: Myvideo
169 views
0
0 votes
0

Бүгүн, аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүнэн «Саха» НКИХ ханаала оҕолорго аналлаах ханаалы уонна сайты сүрэхтиир. «Саха» НКИХ интэрниэт ситимигэр оҕолорго аналлаах сахалыы биэриилэр, мультипликационнай киинэлэр тахсыахтара. Ол курдук, аан дойду үрдүнэн биллэр, биһирэнэр «Фиксики» мультик сахалыы тылбаастанна. Билигин мультипликационнай киинэ 157 сиэрийэтин «Түннүк» YouTube, «Саха» НКИХ RuTube ханаалларыгар көрүөххэ сөп. Сотору ханаал кырачаан көрөөччүлэригэр анаан «Малышарики», «Тима уонна Тома», «Три кота» мультипликационнай киинэлэр тылбаастанан тахсыахтара. «Омук тыына быстыа суохтаах, көмүскэллээх буолуохтаах, онон оҕолорбут инники кэскиллэрин туһугар бары үлэлиэххэйиҥ, сайдыыны түстүөххэйиҥ, сахалыы эйгэни кэҥэтэ, сайыннара туруоххайыҥ!», — диэн «Саха» НКИХ ханаал генеральнай дириэктэрэ Олег Марков бэлиэтээтэ. Итиэннэ 2019 сылтан үөрэтэр уонна биллэрэр-көрдөрөр ураты контеннаах «Чохоон» YouTube-ханаала үлэлиир.

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later