Атырдьах ыйын 24 күнүгэр кыраайы үөрэтэр В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ Анастасия Варламова 75 сааһыгар анааллаах тэрээһин буолан ааста 🎉 Тэрээһини ыҥырыылаах ыалдьыппыт, “Саха алааһын иэйэхситэ“ кинигэ проект уонна “Олох таҥара бэлэҕэ“ кинигэ автора, Зоя Егоровна Тумусова иилээн-саҕалаан ыытта 📖 Анастасия Варламова идэтинэн учуутал. Норуокка биллибит самодеятельнай композитор, ырыаһыт. “Аҕам алааһа“, “От сыта“, “Туос тууйастар“, “Ыһыах курдук“, уонна да атын элбэх ырыалара саха киһитин кутун сүрүн туппут, дууһатыгар иҥмит ырыалардаах 🎶 Уус-уран тыллаах, сахалыы тыыннаах, истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Зоя Егоровна тус бэйэтин олоҕор сахалыы санаа ситимнэрин сааһылыырыгар Эдьиий Настаа сүдү суолталаах киһи буолбутун туһунан санаатын атастаста, уонна кини репертуарыттан ырыалары ыллаата 🎼
Hide player controls
Hide resume playing