Саха төрүт култууратын, фольклорун, үтүө үгэстэрин, өйүн-санаатын, сиэрин-туомун тарҕатар сахалыы тыыннаах өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай кырдьаҕас култуура тэрилтэтэ - Норуот айымньытын дьиэтэ улуустары кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Уус уран самодеятельность сайыннарыыга, Саха сирин норуоттарын култуураларын тилиннэриигэ, тыыннаах хаалларыыга, нэһилиэнньэ иллэҥ кэмин сөптөөхтүк, туһалаахтык атаарарыгар табыгастаах усулуобуйаны оҥорууга ирдэбиллэри туруоран саҥа сүүрээннэри киллэриигэ, ону тэҥэ норуот айар талааннаахтарын таһаарыыга араас таһымнаах үгэс буолбут үлэ ыытыллар. Алтынньы 2-8 күннэригэр Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Амматтан, Намтан, Хаҥаластан саха сирин делегацията ыаллыы сытар Иркутска уобаласка, Бурятияҕа уонна Забайкальскай кыраайга култуура хайысхатынан ыалдьыттаан, уопут атастаһан кэллилэр.
Hide player controls
Hide resume playing